Үөгэнҥэ Аҕам саастаахтар күннэрэ буолла.

Дойду үрдүнэн сылын аайы ыытыллар кырдьаҕастар декадаларын чэрчитинэн, алтынньы ый 6 күнүгэр Үөгэн нэһилиэгэр олохтоох култуура киинин көҕүлээһининэн Аҕам саастаах дьоҥҥо ураты, дьоро тэрээһин буолан ааста. Күндү дьоннорбут бу күҥҥэ ыллам ырыа истэн, караоке ыллаан, шашлык, куобах этиттэн плов сиэн, онньоон-көрүлээн, күрэхтэргэ кытыннылар. Тэрээһин сүрүн ирдэбилэ 70-80 сыллардааҕы таҥаһы-сабы кэтэн кэлии этэ.

Үөлээннэээхтэрин кытта сэһэргэһэн, дуоһуйан сынньанан тарҕастылар. Аҕам саастаах дьоннорбутугар барҕа махтал тылларын өссө төгүл тиэрдиэхпит этэ, кырдьар диэни билбэккэ өссө да бу курдук сэргэх сылдьын, дьиэ кэргэнҥитигэр ил-эйэ эҥэрдэстин, кытаанах доруобуйаны, чугас дьоҥҥут сылаас сыһыанынан олоххут киэркэйэ турдун.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *