Муус устар 27 кунугэр Саха сирэ биир сурун государственнай бырааЬынньыгын — Республика кунун бэлиэтиир. 1922 сыллаахха бу кун Саха автономиятын тэрийэр туьунан декретка илии баттаммыта. Онтон 70 сыл ааспытын кэннэ бу кун сайдыы суолун сана кирбиитигэр киирбиппитин туоЬулаан Саха Республикатын Конституцията ылыныллыбыта. Бу саха омугар улахан ситиьии, сана сайдыыга теьуу куус буолбута. Маны ситиьэргэ саха чулуу уолаттара Алексей Кулаковскай, Василий Никифоров, Гавриил Ксенофонтов, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Степан Аржаков, Исидор Барахов уонна да атыттар кылааттара сункэн. Муус устар 27 — саха олоҕор чахчы да быһаарыылаах уонна суолталаах күн эбит.