«Проснись, моя Индийская душа»

Сэтинньи 5 күнүгэр Үөгэн сынньалаҥ киинигэр «Проснись, моя индийская душа» диэн биэчэр тэрилиннэ!🥻🕉 Сомоҕолоһуу күнүгэр анаан көлүөнэнэн күрэх буолан ааста!👴🏻👵🏻👨🏻👩🏻‍🦱🧒🏻👧🏻
🛑 Бастакы хамаанда — 50 — 60с сыллар.
🛑 Иккис хамаанда — 70-80с сыллар.
🛑 Үһүс хамаанда — 90-00с сыллар.
Күрэх түһүмэхтэрэ:
📍 Киинэттэн быһа тардыыны көрдөрүү (үҥкүү, ырыа, инсценировка);
📍 Индия национальнай аһын астаан аҕалыы, билиһиннэрии;
📍 Хамаанда барыта индийскэй таҥаһы таҥнан кэлэрэ ирдэнэр, муода көрдөрүүтэ.
📍 Хамаандалар 2лии көрдөөх оонньуу толкуйдаан кэлэллэр;
📍Олорор сири киэргэтии;
Бары көлүөнэ олус өчүгэйдик оҥостон, таҥас тиктэн, бэлэмнэнэн кэлбиттэр!🤩
Күрэх түмүгүнэн 1 миэстэни ыллылар 90-00 с көлүөнэлэр! 🥇
2 миэстэ буоллулар 70-80 с көлүөнэлэр! 🥈
3 миэстэ буоллулар 50-60 с көлүөнэлэр! 🥉

Биэчэрбит олус бэһиэлэйдик уонна көхтөөхтүк ааста!🥻😄🎭

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *