Ыам ыйын 22 күнүгэр Ары-Толоонҥо Сайылык күнүгэр ыытыллыбыт күрэххэ
ас астааһыныгар көмөлөспүт Үөгэммит олохтоохторугар барҕа махтал буолуохтун. Быыс булан, түбүгүрэн, туора турбакка, күүс — көмө буолбуккутугар махтал тылларын аныыбыт:
Матаркина Екатерина Иннокентьевнаҕа (31 ас көрүҥэ), Кривошапкина Елена Петровнаҕа (32) Слепцова Саргылана Васильевнаҕа ( 6 саламаат көрүҥэ уонна ойоҕос), Винокурова Мария Иппатьевнаҕа (үөрэ отунан2 көрүҥ),Бурцева Варвара Афанасьевнаҕа, Саввина Лена Николаевнаҕа, Егорова Екатерина Петровнаҕа, Габышева Мария Олеговнаҕа, Еремеева Фекла Ивановнаҕа, Павлова Июля Петровнаҕа, Третьякова Анна Михайловнаҕа, Келина Матрена Николаевнаҕа, Сидорова Маруся Афанасьевнаҕа, Павлов Алексей Алексеевичка.
Спортивнай күрэх кыттааччыларыгар Үөгэммит чиэһин көмүскээн эрэллээхтик иккис миэстэҕэ таһаарбыт хамаандаҕа:
Келин Николай Николаевичка, Габышев Михаил Федоровичка, Бурцев Алексей Андреевичка, Кривошапкин Петр Семеновичка, Бурцева Антонина Павловнаҕа, Павлова Июля Петровнаҕа, Попова Инесса Ивановнаҕа.
Эһиэхэ бука барыгытыгар ситиһиини, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу- соргуну, кытаанах доруобуйаны баҕарабыт.
Куруук бу курдук туора турбакка, көхтөөх кыттыыны ылан биир санаанан салайтаран Үөгэммит чиэһин көмүскүүргэ, кини сайдарын туһугар сомоҕолоһуоҕун!
Бириискэ биэрбит 12000₽ хамаанда Үөгэммитигэр туһалаахха туттарга быһаарынна.