Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан биһиги Үөгэммитигэр «Туругур, Сахам Сирэ» көлүөнэлэр икки ардыларыгар фестиваль буолан ааста. 60, 70, 80-90 көлүөнэ ыччаттара кыттыыны ыллылар. Көлүөнэлэр «Ааспыт кэм ахтылҕана» диэн ааттаах СССР кэминээҕи малы быыстапкаҕа туруоран дьон болҕомтотун тарта. Манна 1916 сыллаах манньыаттан саҕалаан араас сэбиэскэй кэми кытта ситимниир маллары туруордулар. Ону тэҥэ күрэххэ «Сахам сирин туойабын» ырыа күрэҕэ, «Сахам нарын үҥкүүтэ»үҥкүү күрэҕэ уонна «Эдэр саас кэрэ кэмэ» бэйэлэрин көлүөнэ кэмнэрин муодатын көрдөрдүлэр. Көлүөнэлэр бары кыһанан бэлэмнэммиттэрэ өтө көстөр. Күрэх олус көхтөөхтүк ааста. Дьүүллүүр сүбэ түөрт түһүмэҕи сыаналаан 1 миэстэни 60-с көлүөнэ, иккис миэстэни 80-90көлүөнэ уонна үһүс миэстэни 70 көлүөнэ ылла. Күрэххэ уопсайа 20 көлүөнэ ыччата кыттыыны ылла.